Оҕо көмүскэлин күнэ Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр

Оҕо көмүскэлин күнэ Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр

Бэс ыйын 1 күнүгэр Ф. П. Сафронов аатынан «Айыс» култуура  киинигэр Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүгэр кэрэ-бэлиэ тэрээһин ыытылынна.

“Сэргэ” оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Агния Ариановна оҕолору итии-истиҥ тылларынан эҕэрдэлээтэ. Оҕолорбут талааннарын көрдөрөр тэттик кэнсиэр буолан ааста. Хомоҕой хоһоон, ылбаҕай ырыа иһитиннэрдилэр. Авангарднай муода, сахалыы таҥас арааһын көрдөрдүлэр, үҥкүүлээн сэгэйдилэр. Кэнсиэр быыһыгар оҕолорго аналлаах көрдөөх-нардаах оонньуулар, библиотека иһигэр оҕо көмүскэлин күнүгэр анлаах уруһуй уруһуйдаатылар. Бүтэһтгэр флэшмобунан түмүктэннэ. 

Бары оҕолорго дьоллоох оҕо сааһы, чаҕыл күннээх ыраас халлааны баҕарабыт!

Screenshot
Screenshot